Тапталым тыллара - Валентин Макаров
.............G............................Em..............
Бүгүн сарсыарда туран мин соһуччу илдьиккин
..........C..........................D..
Ааҕаммын олуһун диэн уөрэбин,
................G.............................Em..........
"Көрсүөххэ дуу доҕоруом бу күн эн биһи икки,
........C.................................D..
Киинэҕэ барабыт дуо?" - диэбиккин.
............G............................Em.............
Олох хайаан да бүгүн,туох да иһин мин бүгүн
..............C..............................D..
Ахтар саныыр кыыспынаан көрсүөҕум,
..........G..............................Em.............
Үлэм күнүн атаспар солбуй диэн көрдөһөммун
......C..............D............G...
Эйигин көрсөөрүбүн сүүрүөҕум.
хос ырыата:
........C........................D
Сибэкки дьөрбөтун хомуйан
...........G............................Em................
Тапталлаах доҕорбор эйиэхэ анаан бэлэхтиэм,
.......C........................D..
Сүрэҕим ып-ыраас иэйиитин
...............G.............................D.................
Хоһоон гынан эйиэхэ мин салгын нөҥүө сипсийиэм.
Сибэкки дьөрбөтун хомуйан
Тапталлаах доҕорбор эйиэхэ анаан бэлэхтиэм,
Сүрэҕим ып-ыраас иэйиитин
...............C................D...........G...
Хоһоон гынан салгын нөҥүө сипсийиэм.
Бу баран иһэбин,чугаһаан эрэбин,
Хастаахха билеты ылабыный,
Бу иһэн суруйабын илдьит ватсап нөҥүө,
Хагдарый суох,сэгэр ханнааҕыный?
Сотору буолаат эн эппиэтиҥ дьэ кэллэ:
"Бырастыы уөрэхпэр хаайтардым"- диэн,
"Көрсүөхпүт хойутуу,хомойума дуу" - диэн
Уонна мичээр ыыппыккын сэгэриэм.
Бу дьоллоох эдэр саас,бу кэрэ нарын саас
Ис сүрэхтэн махталбын тиэрдэбин,
Бу дьикти түгэҥҥэ сүрэҕим тэбэрин
Долгутаҥҥын күүһүрдэн биэрэҕин.
Истиҥ сыһыан диэн тугуй,ыраас таптал диэн тугуй -
Мин олус билиэхпин баҕарабын,
Ол эрэн олоҕум барыта иннибэр
Үүнэр күнү кэтэһэ хаалабын.
иккис вариант
куплет: C Am F G
хос ырыата: F G C Am (F G C)